Стихи

Стихотворения якутских авторов, сочиненные в период Великой Отечественной войны.

Хара

Тиийдилэр эн ырыаҥ тыллара

К. Уурастыырапка

Анаабыт хоһоонуҥ алгыстаах тыллара
Арҕааҥы фроҥҥа тиийдилэр.
Хоһооҥҥор холбоһон, куйаарым тыаллара
Хоспоҕум иһигэр киирдилэр.

Аҕалла эн ырыаҥ алаастан, алартан
Ача күөх минньигэс сыттарын.
Иһиттим, иһитим эйэҕэс ырыаттан
Этигэн хомуһум тыастарын.

Санаттан эн ырыаҥ Сайсары хонуутун,
Сахалыы ырыабыт кэрэтин,
Кыргыһар сэриибит кыайыытын-хотуутун,
Кыраайбыт кынаттыыр үлэтин.

Эллэй

Уруй

Илгэ саас илдьитэ хараҥаччылыы,
Кыра кыысчаан көтөн түстэҤ
«Аҕаа, - диэтэ аҕылыы-аҕылыы,-
Бар-дьон, парадынан хаамта

Ыллыы-ыллыы
- Сидьиҥ Гитлер баандата эстэн,
Сэрии бүттэ - дэстэ».
Итини истэн

Сүрэх тиҥий-тиҥий тэптэ.
Бастаан туймаарыйан олоруу...
Онтон уостан уон тыл оннугар
Биир тыл ойон кээстэ:

- Уруй!

Уруй – күүстээх-уохтаах народка,
Уйгу быйаҥ олоххо,
Уруй – Кыһыл Армияҕа,
Улуу Сталин аҕаҕа!

А. Абаҕыыныскай

кыайыы

Кини –
Хааннаах илбис кыыһа буолбатах,
Мөҥүө модун
Кыргыс эрэ кырдалынан
Кынаттанан кыырыгырбатах.

Кини –
Харысхалдьыт аайы аанньала,
Норуот кутун
Өһүллүбэт абатынан
Өрөгөйдүүр салют сарыала.

Ефимов Г.Д.

Кыһыл Сулус орденнаах Саха сиригэр

Сахам сирэ, сайдан, уүнэн
Сүрэххэ күндү буолтуҥ!
Сидьиҥ өстөөх саба түһэн
Сэриилэһэ барбытым.

Уоттаах сэрин ортотугар
Эйигин мин саныыбын.
Дьоллоох олох, көҥүл иһин
Өстөөх үөнү кыргабын.

Мэһэй буому тоҕу анньар
Лена модун сүүрүктээх,
Саха сирин көҥүл дьоно
Самнан биэрбэт саргылаах.

Өстөөх өһөн, сэрии бүтэн
Үөрэн-көтөн төннүөхпүт.
Кэрэ дьикти Лена устун
Эмиэ биһи устуохпут!

//Хотугу сулус. – 1944. - №1. – С. 25

Ефимов Г.Д.

Көрсүһүү (Ийэбэр аныыбын)

Сэрии уотугар хас да сыл сылдьан,
Саллаат ыар кэмнэри көрбүтэ.
Суумкатын сүгэн, суол устун хааман
Дьиэтигэр төннөөхтөөн иһэрэ.

Сындалбан уһун айаҥҥа туран,
Атаҕын баастара ыалдьара.
Күнду, хаан-уруу дьонун ахтара
Кнниэхэ куүс күдэх угара.

Үөскээбит сирэ, олорбут дьиэтэ
Иннигэр элэҥнээн көһүннэ.
Сүрэҕэ күүскэ тилиргии тэптэ,
Сүр күүстээх ахтылҕан билиннэ.

Халҕанын аһан дьиэтигэр киирдэ,
Кырдьаҕас ийэтэ билбэтэ:
—Кэпсээннээ, тукаам, ким-хайа этнҥ,
Хантан бу айаннаан иһэҕин?

—Оо, ийээ,—диэтэ,—эн уолуҥ этим,
Ол дьиэбэр бу эргиллэн кэллим.
Кыа хааннаах сэрии уотуттан ордон
Төрөөбүт кыраайбын мин буллум.

— Көр, бу мин дьолбун — көмүс биэбэйбин
Көрөр да күннээх эбиппин.
Үрдүгэр түһэн уолун уураата,
Үөрүүттэн долгуйан ытаата.

Төрөөбут дьиэтэ үөрүүнэн туолла,
Күлүмнэс сып-сырдык күн көрдө.
Ыллыаҕыҥ герой саллаат туһунан,
Күн ийэ тапталын туһунан.

Хотугулуу-Арҕааҥы уонна Ленинградскай фроннар
//Хотугу сулус. – 1944. - №1. – С. 25

Сергеев Н.

Ырыа

Тугун бэрдэи
Туналыйар ыйдыҥа,
Aгa кумах стрбэр
Арылыйбыт сырдыга!

Ыраах уһун айаҥҥа
Ырыа күүскэ сатараан,
Хаамыстыбыт биир тэҥҥэ
Казак, бурят, молдаван.

Эдэр-чэгиэн эрэттэр
Эбии тэттэн истибит.
Томтор алын тэллэҕэр
Тохтоон табах тартыбыт.

Санаан кэллим бу иһэн
Сахам сирин күһүнүн,
Түһүлгэни төрүгтээн
Түмсэн оонньуур түүммүтүн.

Күһүн буолан алааһым
Күрэҥсийбит тыатыгар
Ыйым тыган сандааран
Ыраас уотун куттаҕа.

Ийэ дойдум иинигэр
Ийэм миигин атааран,
Хомуллубут мин хоһум
Кураанаҕын турдаҕа.

Күндү, кэрэ- суругар
Күүтэр, ахтар биэбэккэм
Ойуу-бичик сыттыгар
Уһуктаҕас сыттаҕа.

Улуу Лена эбэккэм
Уйгу быйаҥ биэрэгэр
Күнүстэри, түүннэри
Күргүөм үлэ күүрдэҕэ.

Тугун бэрдэй,
кэрэтэй Туналыйар ыйдыҥа,
Ача кумах стебэр
Арылыйбыт сырдыга!

//Хотугу сулус. – 1944. - №1. – С. 26

Алданскай В.

Советская байыаска бэлэх

Ааттарбын былааппар суруйан,
Атаардым арҕааҥы фроҥҥа.
Алгыстаах тыллары чочуйан,
Анаатым охсуһар буойуҥҥа!

 Бу ыытар, бу суулуур букетым
 Бука диэн байыаһы санатаар.
 Боростуой да буоллар, мин аатым,
 Байыаһы кыайыыга кынаттаар.

Бэрт намчы этиинэн киниэхэ —
Бигэтик биир тылы биэрбитим.
Бараары турар киһиэхэ
Баҕатын таайардыы эппитим:

 Мин ыытар бэлэхпин ылаҥҥын
 Муҥутуур үөрүүнэн туолуоҕуҥ.
 Эрэллээх дьыаланы хайҕааҥҥын
 Эрдээхтик геройдуу киирсиэҕиҥ.

Оччоҕо эн миигин өйдүөҕүҥ,
Өйдүөҕүҥ, сахачаан кыыстаргын.
Сырдыктык эн миигин саныаҕыҥ,
Саныаҕыҥ инники кэскилгин.
Бэлэхпин ыытаары тураммын

 Баҕабын, санаабын эттэрбиэн,
 Өһөхтөөх өстөөххүн кыайаҥҥын
 Өрөгөй үөрүүнэн кэллэргиэн!

//Хотугу сулус. – 1944. - №1. – С. 26

Харыйа

Аҕа алгыһа

Өһүөннээх өстөөҕү
Өлөрөр-өһөрөр,
Самныбат саргылаах,
Саталлаах санаалаах

 Дьон-народ этибит.

Кыырыктаах кылыстаах
Кыыдааннаах кыргыска
Кырбаһан-кыдыһан
Кырдьыгы, көҥүлү,

 Дьолбутун ситэрбит.

Өлөртөн, өргөстөн
Өрүүтүн толлумаар.
Кыайтаран, таҥнаран
Кырыыска турумаар,

 Кэннинэн кэхтимээр.

Аан дойдуҥ тапталын,
Аймаҕын аналын,
Кэскилбит кэриэһин,
Кэлээхтиир дьол чиэһин

 Киртитэн кэлимээр.

Аан дойдуҥ дьолугар,
Аҕакаҥ туһугар
Туох күүрэр күдэххин
Төлөннөөх сүрэххин

 Уонунан уоҕурдаар.

Үрүҥ күн—ооккобун
Үҥүү сэп хоппотун!
Кыайыынан кынаттыыр,
Кылыстыы кылаанныыр

 Алгыспын аҥыыбын.

//Хотугу сулус. – 1944. - №1. – С. 27

Пантелеймон Тулааһынап

Кыайыы күнэ

Кыайыы күнэ, кэллиҥ эн,
Толоон аайы дьаарбай, көр.
Тохтоон ааспыт сиргиттэн
Дьолбут үүнэн коҕөрөр.

Муҥ-сор, эрэй чысхаанын
Тымныы тыынын кыйдааҥҥын,
Үөрүү көмүс чуораанын
Ийэ сирбэр чугдаартыҥ.

Берлинтэн бу ыраах Якутскайга диэритин
Үерүү-көтүү кынаттаах
Кыайыы кээлтиҥ кэрэтин!
Саха сирэ эйигин

Ытык тылын кэриэстээн,
Күндү байыас сэгэрин
Күүппүт кыыстыы көрүстэ.
Түөрт сыл биһи күүппүппүт,

Кыайыы күнэ, кэлэргин,
Бары күүһү түммүппүт
Фашист бииһин эһэргэ.
Бүгүн колхоз оһоҕун

Уотун курдук күлүмнүү
Үөрэр байыас доҕорун
Күүппүт эдэр Өкүлүүн.
Дьоруо аппыт туйаҕа

Кыайан сиппэт, уо, кэрэ,
Кыайыы дьоһун сураҕа
Тиийэн кэллэ биһиэхэ.
Күндү ыраас дьол кыыма

Көмүс туораах буоллун диэн
Төрдүс сааскы ыһыыга
Күргүөмүнэн үлэлээҥ!
Өстөөх хааннаах арҕаҕын

Ыста өс-саас силлиэтэ.
Харах уугун таммаҕа
Аны түспэт, сэгэрдээр!
Чэйиҥ, аны хаан фашист

Тиллиэ суоҕа—иккиһин
Ийэ сирбит—кэрэ киис
Буолан   тупсан киэргэйдин
Сэрии дохсун буурҕата

Бугүн астан дьол, уөрүү.
Биһи хааммыт таммаҕа
Кыайыы буолан күлүмнүүр.
Совет сирин геройа

Попов тыыннаах курдук баар.
Дьэ, ыал аайы оргуйда
Көмус дуйдаах сылабаар.
Дьолбут сырдык отонун,

Кыайыы, түөскэр көтөҕөн
Астыҥ биһи хоспутун:
Бүгүн   үөрүү, бүгүн — көр.
Үрэх сыырын үрдүгэр

Кийии курдук кэрэтик
Эмиэ бүгүн киэргэнэн
Турар сааскы титирик.
Ийэ дойдум бүтүннүү

Бүгүн үөрэн көҕөрдө.
Бүгүн елүү бүрүүкүүр
Өстөөхтөрун өһөрдө.
Берлинтэн бу ыраах

Якутскайга диэритин
Үөрүү-көтүү кынаттаах,
Кыайыы, кээлтиҥ кэрэтин!
Сэрии хааннаах буурҕатын

Курдат көстөр этиҥ дии.
Сталинград куораттан
Берлиҥҥэ диэритин
Өстөөх баһын уҥуоҕун

Далаһалаан тиийдибит,
Икки арсыын тоҥ буору
Кинилэргэ биэрдибит.
Бүгүн улуу Сталин

Өстөөхтөрү өһөрбүт
Өрөгөйдөөх тыллара,
Үөрүү дьолун күүһүрпүт
Ийэ сирим үрдүнэн

Кыыста кыайыы былааҕа.
Көҥүл сырдык төлөнө
Күлүмүрдүү туруоҕа!

//Хотугу сулус. – 1946. - №1-2. – С. 10

Күннүк Уурастыырап

Сэрии бүттэ

Сэрии бүттэ,
Тиһэх тэргэн ньим барда.
Сир үрдүгэр Эйэ кэмэ эргийдэ.

Өстөөх умсан,
Өрөгөй— соргу буолла.
Саҥа кыайыы
Сандаҕыран таҕыста.

Ийэ сирбит
Илин өттүн ыраастаан,
Биһи сэрии
Иккис киинин эстибит.

Күүппүт дьолбут
Күннүү көстөн күөрэйдэ.
Кэлэр кэскил
Киэҥ суола тэлэлиннэ.

Дойду бааһын
Суһаллык оһоруохпут.
Тутуу күүһүн
Туругурдан ыытыахпыт.

Уйгу бэрдин
Биһиги оҥоруохпут.
Олох бэрдин
Биһиги олоруохпут.

Күүс үлэнэн
Дьөксө өрө күүрүөҕүҥ!
Күн сирдьити
Дьөксө тула түмсүөҕүҥ!

А. Бэрияк

Көрсүһүү киэһэтигэр

Өртөн ыла көрсүбэтэх
Үөлээннээх доҕорбунуун
Бээһээ киэһээ иһэ олорон,
Хараҕым уутун кыамматым.

Арыт курус-дьиппиэр санаа
Хара куорсунун сарбатан
Үөрүү да үрдүк күнүгэр
Аҥар аргыс буолааччы.

„Этиий эрэ, сэгэрим миэнэ,
Үгүс да үтүө дьоннорбут
Ийэ дойдуларыгар  иэстэрин төлөөн
Охсуһууга оҕуннулар.

„Манна хайалара эмэ
Бааллара эбитэ буоллар
Бу көрсүһүү, үөрүү бакаалын
Көтөхсүө этилэр эбээт..."

Онуоха доҕорум миэнэ
Ууламмыт харахтарын
Хаҥас илиитин көхсүнэн
Аргыый хастыы сотунна.

„Оннук, доҕоруом, — диэтэ кини,—
Биһиги  дьылҕабыт маннык:
Кырдьык иһин кыргыспыт буолан
Тыыннаах ордон кэллэхпит".

Иэдэспит устун түһэр
Харах ирбинньик уутун
Илиибит таһынан соттон
Эмиэ көтөхтүбүт.

«Аһыйан да аны хайыахпытый,
Атастарбыт герой ааттара
Биһи да кэннибитинэ кэлэр дьылларга
Ааттана албана туруо…

Ийэ дойду дьолун иһин
Кыргыһан кыайбыттарга,
Уот буурҕа оргуйар ортотуттан
Тыыннаах оппуттарга,—

Үйэлэртэн үйэлэргэ уруй дэһэн
Бакаалбытын көтөҕүөх,
Курус санаа куорсуннарын
Ыраах, киэр кыйдыах..."

„Оннук, доҕоруом, оннук!
Биһи өлбөт-сүппэт
Тыйыс-кытаанах дьылҕалаахпыт,
Суон-модун соргулаахпыт..."

Уһун киэһэ биһиэхэ
Биллибэккэ ааспыта,
Кутурҕан, үөрүү бэлиэтэ—
Харах уута ахпыта.

Кыайыы, көрсүһүү үөрүүтүн
Кыһыл көмүс кыната
Биһигини ыга кууһан, өрө күүрдэн
Сүлбэбитин көтөхпүтэ...

Оо, кэрэ да остуоруйа
Кэпсэннэ бу киэһэ,
Маны анбыт Күн Киһи
Албан аата ааттанна...

Маннык кэмҥэ төрөөн-үөскээн
Ийэ сири көмүскээбит
Биһи баарбыт—чахчы дьоллоох,
Народ, дойду уолаттара...

//Хотугу сулус. – 1946. - №1-2. – С. 12